Калахаари
Тас көстүүтэ
![](http://178.128.105.246/cars-http-upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/1/1f/Kalahari_E02_00.jpg/220px-Kalahari_E02_00.jpg)
Калахаари — Африка соҕуруу өттүгэр Ботсвана, ЮАР уонна Намибия дойдулар истэринэн сытар кумах куйаар. Кэлин улаата турар буолан Ангола, Зимбабве уонна Замбия сирдэригэр киирэн эрэр. Иэнэ 600 тыһ. км² кэриҥэ. Килиимэтэ ариднай, түһэр сөҥүүтэ сайынын (сэтинньиттэн муус устарга дылы) элбэх соҕус, сымнаҕас кыһыннаах. Калахари — Соҕуруу Африка саамай куйаас сирдэриттэн биирдэстэрэ.
Калахаари сиригэр ханна да түспэт өрүстэртэн саамай улахан дельталаах Окаванго өрүс сытар.
Калахаари киин куоратынан Ботсваана арҕаа өттүгэр баар Ганзи куораты ааттыыллар.